Улуу Кыайыы 81 сыла
Ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы 81 сылын
бэлиэтээтибит. Нэһилиэкпитигэр
ветераннары, сэрии сылын оҕолорун,
ыалдьыттары ыҥыран саха балаҕаныгар
Сандалы остуол тула олорон истиҥ
кэпсэтии, баҕа санаа бастыҥа, эҕэрдэ
тыллар этилиннилэр.
Татьяна Афанасьевна Новгородова 1941с.
төрөөбүт, күн бүгүҥҥэ дылы истиҥ иһирэх
тыллаах хоһооннору хоһуйан оҕолоругар,
сиэннэригэр, чугас дьонугар бэлэх уунан үөрдэр.
Олохтоох бибилэтиэкэҕэ "Киин куорат"
хаһыакка хоһоонноро тахсыбытын
нэһилиэгим дьоно көрдүннэр, аахтыннар
диэн баҕа санаатын этэн туран бэлэх биэрдэ.
Билиһиннэрэрбин көҥүллээн-
(телефонтан экранын таарыйан улаатыннаран көр)















2021сыллаахха тахсыбыт кинигэтэ.
Төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын,
күндү дьонугар оҕолоругар, сиэннэригэр
анаан суруйбут хоһоонноро, ахтыылар,
дьиэ кэргэнин хаартыскалара, төрүччүтүн
туоһулуур архыып докумуоннара
киирбиттэрэ.

көрбүккэр махтал!
бэлиэтээтибит. Нэһилиэкпитигэр
ветераннары, сэрии сылын оҕолорун,
ыалдьыттары ыҥыран саха балаҕаныгар
Сандалы остуол тула олорон истиҥ
кэпсэтии, баҕа санаа бастыҥа, эҕэрдэ
тыллар этилиннилэр.
Татьяна Афанасьевна Новгородова 1941с.
төрөөбүт, күн бүгүҥҥэ дылы истиҥ иһирэх
тыллаах хоһооннору хоһуйан оҕолоругар,
сиэннэригэр, чугас дьонугар бэлэх уунан үөрдэр.
Олохтоох бибилэтиэкэҕэ "Киин куорат"
хаһыакка хоһоонноро тахсыбытын
нэһилиэгим дьоно көрдүннэр, аахтыннар
диэн баҕа санаатын этэн туран бэлэх биэрдэ.
Билиһиннэрэрбин көҥүллээн-
(телефонтан экранын таарыйан улаатыннаран көр)















2021сыллаахха тахсыбыт кинигэтэ.
Төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын,
күндү дьонугар оҕолоругар, сиэннэригэр
анаан суруйбут хоһоонноро, ахтыылар,
дьиэ кэргэнин хаартыскалара, төрүччүтүн
туоһулуур архыып докумуоннара
киирбиттэрэ.

көрбүккэр махтал!
12.05.2026